Самаан сайын киһи-аймах саамай сөблүүр кэмэ буолар. Мин эмиэ олус сөбүлүүбүн. Сайын дуоһуйа сынньанабыт. Айылҕаҕа оттоон, отонноон бириэмэбитин туһалаахтык атаарабыт. Сибиэһэй салгынынан көнүл тыынабыт. Ол иһин сайын оҕолор наһаа улааталлар, уларыйаллар.
Мин бу сайын туһалаахтык атаардым. Ол курдук аймахтарбын кытта окко сырыттым. От харбаатыбыт, сөтүөлээтибит уо. д. а. олус бэһиэлэйдик сырыттыбыт. Мин санаабар үлэ киһини үчүгэйгэ үөрэтэр о. э. бириэмэни сөпкө аттарарга. Холобур миэхэ бу олус туһалаах буолуо дии саныыбын. Бастакытынан эппин-хааммын эрчийэбин, дьону кытта алтыһарга уонна үлэ5э үөрэнэбин. Туохтааҕар да аймахтарбар күүс-көмө буоллум диэн олус астынным.Онон үлэттэн куоппакка туох эмэ дьарыктаах буоларбыт олус түһалаах эбит диэн түмүккэ кэллим.